Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Айыы Уола - Уол оҕо сүрэҕэ | Текст песни

Өйдүүгүн дуо эн
Ханна аан бастаан
Кыракый уолчаанныын
Көрсөн билсиспиккин?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Өйдүүгүн дуо эн
Бастакы суругун,
Долгуйан олорон,
Суруйбут тылларын?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Онтон өйдүүгүн дуо
Ол сааскы киэһэни
Уолчааҥҥын албыннаан,
Атынныын барбыккын?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Кыланан ылбыта,
Хомойон ытыыра.
Оо, онно этэ
Уол оҕо ытыыра,
Хараҕын ууларын
Кыайан туппатаҕа.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-