Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Константин Степанов ft. Дьулустан Капитонов - Ыллаа гитаарам (Кавер Айыы Уола - Acoustic live) | Текст песни

Хоспор мин соҕотоҕун чуҥкуйан олорон,
Эйиигин илиибэр ылабын.
Эн кэрэ-нарын ырыаҥ көттүн ыраах сылларга,
Көттүн тохтуур диэни билбэккэ.

Хос ырыата:
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха.
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам...

Оргууй илиибэр ылан, кылыстаргын тардыалаан,
Араас дорҕооннору таhаарабын.
Ыллаа эн миэхэ, ыллаа эдэр саас ыллыыр ырыатын,
Ыллаа, көтүт ыраах саҕахха.

Хос ырыата:
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха.
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам,
Дьиэрэй, дьиэрэй, мин гитарам...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-