Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

W1ld - Толору Дьоллоохпун | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

1. Кыыс эйиэхэ тапталым дэлби улаатта
Айманарбыттан сылтаан сүрэҕим тимир курдук кытаатта
Өссө хаhааҥҥы дылы маннык оҕолор курдук буолабыт
Этиий миэхэ эрдэ билэрбит ордук
Хойутуохпут диэбэппин, эйигин буруйдаабаппын
Эрээри наадыйбаккабыт дьол хайдаҕын билбэппит
Бырастыы гыныый чыычааҕым эмиэ да ыксыыр курдукпун
Ол гынан кэргэн ылаары туохха да баппат буолбуппун
Тоҕо сэрэй таптал диэн кыайан эппэппин хайдаҕын,
Хас күн аайы эйигин кыра оҕо курдук ахтабын
Куустуhарбытын түhүүбүн, суоххуна кистээн ытыыбын
Уол ытаабатын өйдүүбүн, ол эрэн оннук айылаах таптыыбын
Күн тэҥэ мичээргинэн баччааҥҥы диэри ууллараҕын
Оргууй сэрэнэн хаамаҥҥын дөйүтэҥҥин сууллараҕын
Ол тухары уларыттыҥ уулусса боростуой уолун
Бар дьоҥҥо үтүөнү-кэрэни эрэ баҕарар буоллум

Х/ы Арыт ардыгар кынаттанан халлааҥҥа көтүөх курдукпун
Эйигин уоран, илдьэ баран, сулус аргыстаах төннөрүөхпүн
Ба5ар сайын, ба5ар кыhын ба5арабын өрүү бииргэ буолуохпун
Бу күн анныгар эн баар буолан, илэ көппөт толору дьоллоохпун

2. Өйдүүгүн хайдах кыбыстан умса көрөн турарбытын
Элбэх да хаарыан күннэр таах хаалбыттар өйдөммүтүм
Көрсүhүөх түгэннэрбэр хараххар кыайан көрбөппүн
Умуллартан умуллан бүтэн хаалан өр барбаппын
Ол кэннэ кэмсинэммин мөлтөхпүттэн хомойорум
Эйигин ол түгэҥҥэ ынырыктык аhынарым
Төттөрү сүүрэн тиийэммин сэрэппэккэ кууhуохпун,
Минньигэс да уостаргыттан сэрэнэммин ууруохпун
Баҕарарым даҕаны, син биир кыайбаппын бэйэбин
Ол эрээри ис сүрэхтэн таптыыргын сэрэйэбин
Билигин улааттыбыт, өйдөннүбүт, атын дьоннорбут
Тапталбытын харыстыыбыт, ол саҕана оҕолорбут
Билигин барыта кырдьыктыы, итэҕэй миэхэ сэгэриэм
Эн тускар тугу барытын бу күн анныгар бэлэхтиэм
Эйиэхэ дурда-хахха, уостубат таптал кыыма
Туох барыта буолуом чыычаах, туохха даҕаны мыыныма!


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 7
Видео
Нет видео
-